Олоҥхо – норуот айымньыта. Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын кылбайар үрдүк чыпчаала буолан, кини норуот историятын, философиятын, итэҕэлин, төрөөбүт дойдутун, айылҕатын үөрэтэргэ эмиэ улахан суолталаах.
Ахсынньы 22 күнүгэр түмэлгэ Чурапчыттан төрүттээх «Уруйдан улуу олонхо» фестиваль Гран при хаҺаайката (2017 с.), «Сыл бастыҥ олоҥхоһута» (2018 с.), олоҥхо ыһыахтарын кыайыылааҕа Сусанна Васильевна Лазарева «Өбүгэ үгэһинэн олоҥхолоо» диэн бырайыак чэрчитинэн Николай Михайлович Тарасов «Дуулага баатыр» олоҥхотун толордо. Бырайыак сүрүн сыалынан олоҥхоһуттар үтүө ааттарын үйэтитии, үүнэр көлүөнэ ыччакка сырдатыы, өрөспүүбүлүкэ уус – уран нэһилиэстибэтин байытыы, хаҥатыы, саҥа ааттары таһаарыы буолар.
#МузеймузыкиифольклоранародовЯкутии