Өбүгэ оонньуулара
Олунньу ый саамай ыарахан ый. Кыһыҥҥы кэм салҕанан бара турар. Хараҥа кэм ааһа илик, уһун тымныы хам баттыыр. Битэмиин аҕыйыыр. Ити түмүгэр киһи этэ-сиинэ мөлтүүр. Ол мөлтөөбүтүн өбүгэлэрбит өйү-санааны күүһүрдэр сүргэ көтөҕүү диэн сиэри-туому толороллоро. Онон бу ыйга саха сиэринэн сүргэни көтөҕөр туомнар ыытыллаллар. Оччоҕо киһи өйө-санаата көтөҕүллэн ыарыыга бэриммэт буолар. Ыарыы да киирдэҕинэ, чэпчэкитик ааһыан сөп.
Бу сиэри тутуһан олунньу ый 17 күнүгэр Өктөмнөөҕү лицей үөрэнээччилэригэр сүргэни көтөҕүү диэн сиэр-туом ыытылынна. Ол иһигэр биһиги музейбыт үлэһиттэрэ оҕолорго анаан өбүгэ оонньууларыгар интэриэһи тардар, төрөөбут норуотун оонньууларын кытта билиһиннэрэр сыаллаах «Өбүгэ оонньууларын» ыыттылар.
Оҕолор маамыктаны быраҕыыга, наартанан ыстаҥаҕа, оҕунан ытыыга, туйаҕынан хаамыыга уонна да атын күрэхтэргэ бэйэлэрин холонон көрдүлэр, күөн көрүстүлэр.
«Өбугэ оонньуулара» оҕо этэ-сиинэ эрчиллэригэр, чэбдигирэригэр, сайдарыгар олус туһалаах, маны сэргэ оҕо бэйэтин норуотун үгэстэрин убаастыыр, билэр буола улаатар, булугас өйдөөх, сытыы-сымса, тулуурдаах, быһый буолар.
Өскөтүн интэриэһиргээбит буоллаххытына биһигини кытта билсиэххитин сөп: 35-38-84