Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ОЛОҔУН, АЙАР ҮЛЭТИН СЫРДАТАР МАҤНАЙГЫ ВИДЕОУРУОК ПРЕЗЕНТАЦИЯТА
    13 мая 2019

    Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейа уонна А.Е. Кулаковскай института ыам ыйын 17 күнүгэр «СахаМедиа» Республикатааҕы Медиа-Киин конференц саалатыгар күнүс 15.00 чаастан саха литературатын төрүттээччи, төрөөбүт тыл, норуот историятын уонна культуратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаан хомуйааччы уонна үөрэтээччи, сырдатааччы, наука араас салааларыгар маҥнайгы суолу тэлээччи, сахалартан биир бастакы учуутал, киэҥ, дириҥ көрүүлээх гуманист-философ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, айар үлэтин сырдатар видеоуруок презентациятыгар ыҥырабыт.

    А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй үйэлэри уҥуордаабыт уус-уран айымньыларын,  научнай үлэлэрин үөрэхтээхтэр ырытыылара, чинчийиилэрэ аҕыйаҕа суох. Ол эрэн кини туһунан көрдөрөр-иһитиннэр хабааннаах методическай матырыйаал суоҕун кэриэтэ. Онон сиэттэрэн, улуу суруйааччыбыт, бөлүһүөкпүт А.Е.Кулаковскай олорон ааспыт олоҕун, айымньылаах үлэтин оскуола үөрэнээччилэригэр, саха тылын литературатын учууталларыгар, саха салаатын устудьуоннарыгар уонна Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин интэриэһиргээччилэргэ анаан сырдатар, тарҕатар сыаллаах видеоуруок оҥорон дьон-сэргэ сыанабылыгар таһаарар.

    Видеоуруок оҥоһуллуутугар бэйэлэрин чинчийиилэрин, билиилэрин кэпсээтилэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет учуонайдара: Л.Р. Кулаковская, П.В. Сивцева-Максимова, В.В. Илларионов, В.Д. Михайлов, академик П.А. Слепцов.

    Ааптар филология магистра, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын директорын солбуйааччытын эбээһинэһин толорооччу Александр Павлович Ноговицын.



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc