«Биһиги, Айыы кыһатын 3 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн бугун бу Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлигэр кэлэммит наһаа үчүгэй экскурсияҕа сырыттыбыт. Саамай интэриэһиргээбиппит диэн музыкальнай инструменнары оҕолор тутан-хабан, тыас-уус таһааран олус астыннылар, маны сэргэ оҕолор ыһыах туһунан олус туһалаах билиини ыллылар. Онтон салгыы «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн олоҥхо мультигы оҕолор эрэ буолбакка кэлсибит төрөппүттэр кытары сэргээтибит, сэҥээрдибит, олуһун астынныбыт. Музей үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!» — диэн кылаас салайааччыта Надежда Герасимовна Андреева уонна кини кылааһа баҕа санааларын тиэртилэр.