11 марта 2019
Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола саастаах оҕолорго туһаайыллан
Театр сылыгар анаммыт
кэтэхтэн ыытыллар
“БИЛИИ – 2019”
Олимпиада ыйытыылара
5-8 кылаас
__________________________________
Оҕо аата, араспаанньата
___________________________________
Оскуолата, кылааһа
___________________________________
Улуус, нэһилиэк
___________________________________
Салайааччы аата
___________________________________
Билсэр төлөпүөн
___________________________________
Электроннай аадырыс
№ |
Ыйытыылар |
Эппиэттэр
(сөптөөх эппиэт буукубатын туруор) |
I |
ФОЛЬКЛОР:
|
|
1 |
Олоҥхоҕо эпическэй кэми хоһуйуу хайдах саҕаланарый?
А. Былыыр-былыр
B. Былыргы былдьаһыктаах дьылларым
C. Уруут-урут |
|
2 |
Олоҥхо диэн тугуй?
А. Саха норуотун сиэр-туома
B. Саха норуотун тылынан уус-уран айымньыта
C. Саха норуотун остуоруйата |
|
3 |
Хотон иччитинэн буолар?
А. Ньаадьы Ньанха
B. Дьиэдэ Бахсыыла
C. Аан Уххан Хатан Тэмиэрийэ |
|
4 |
Аан Алахчын хотун ханна олороруй?
А. Алааска
B. Аал Луук маска
C. Тыаҕа |
|
5 |
Өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн киһи 3 куттаах:
А. Халлаан, ардах, балыс
B.Ийэ, салгын, буор
C. Аҕа, былыт, буруо |
|
6 |
Олоҥхо ханнык геройа “Оһуулаатаҥ-оһулаатаҥ” – диэн ырыатын саҕалыырый?
А. Сорукка сылдьар уол
B. Хотон көрөөччү эмээхсин
C. Абааһы кыыһа |
|
7 |
Олоҥхоҕо айыы геройдара бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиилэрэ тугунан бэриллэрий?
А. Кэпсээнинэн
B. Чабырҕаҕынан
C. Тойугунан |
|
8 |
Олоҥхоҕо айыы удаҕаттара туох көтөрүнэн ойууланалларый?
А. Куба
B. Кыталык
C. Суор |
|
9 |
Улуутуйар Улуу Суорун тойон улахан уола:
А. Кытай Бахсылааны
В. Аан Уххан Хатан Тэмиэрийэ
С. Баай Байанай |
|
10 |
2019 сыл саҕаланыыта «Ала Булкун» олоҥхонон спектаклы туруорбут режиссер?
А. Руслан Тараховский
B. Гаврил Менкяров
C. Андрей Борисов |
|
II |
САХА ЛИТЕРАТУРАТА:
|
|
1 |
«Күөрэгэй» ханнык суруйааччы остуоруйатай?
А. П.А. Ойуунускай
B. П. Тобуруокап
C. Т. Сметанин |
|
2 |
Суорун Омоллоон айымньыта?
А. «Күөх көппө»
B. «Нууччатымсыйбыт»
C. «Тар» |
|
3 |
А.Е. Кулаковскай “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” айымньытыгар хас дьахтар ойууланарый?
А. 5
B. 7
C. 9 |
|
4 |
Оҕо суруйааччыта кимий?
А. К. Туйаарыскай
B. И. Арбита
C. Амма Аччыгыйа |
|
5 |
Николай Неустроев -…..?
А. буойун суруйааччы
B. классик суруйааччы
C. народнай суруйааччы |
|
6 |
«Егор Чээрин» айымньыга ханнык кэм көстөрүй?
А. гражданскай сэрии
B. кыргыс кэмэ
C. аҕа дойду сэриитэ |
|
7 |
Күөрэгэй таптыыр кутуйаҕын аата?
А. Туораах
B. Тимэх
C. Кустук |
|
8 |
Классик суруйааччылар улуустара?
А. Сунтаар
B. Таатта
C. Чурапчы |
|
9 |
Саха литературата ханнык уус-уран айымньытыттан төрүттэммитэй?
А. «Манчаары»
В. «Байанай алгыһа»
С. «Төрөөбүт дойду» |
|
10 |
«Кии сыта» хоһоон автора?
А. Күндэ
B. Эллэй
C. С. Данилов |
|
III |
КУЛЬТУРА уонна ИСКУССТВО: |
|
1 |
Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын директорын аҕатын аата (биллэр артыыс)?
А. Петр Решетников
В. Лазарь Сергучев
С. Иоаким Избеков |
|
2 |
Ханнык суруйааччы Саха театрын бастакы директорынан үлэлээбитэй:
А. А.И. Софронов — Алампа.
В. П.А.Ойуунускай
С. Н.Д.Неустроев |
|
3 |
4. Хаартыскаҕа ханнык спектакль ойууламмытый ?
А. «Манчаары туьунан тойук»
В. «Хаарыан хампа күөх кытылым»
С. «Тыыммын ылан тыыннар холбоо»
|
|
4 |
Артыыһы аата…
А. Григорий Петров
В. Петр Решетников
С. Георгий Бессонов
|
|
5 |
Саха биллэр артыыһа Лазарь Сергучев восковой фигурата Дьокуускай куоракка ханнык музейга баарый?
А. Национальнай художественнай музейга
Б.Саха театрын музейыгар
С. Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейыгар |
|