Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • «БИЛИИ – 2020» олимпиада 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр сорудаҕа
    21 февраля 2020

    Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола саастаах оҕолорго туһаайыллан

    төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүгэр анаммыт

    кэтэхтэн ыытыллар «БИЛИИ – 2020» олимпиада

     5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр сорудаҕа:

     

    1. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ ханнык күҥҥэ бэлиэтэнэрий?

     

    1. «Төрөөбүт тыл» ким хоһооной?

     

    1. Бастакы сахалыы букубаар хас сыллаахха тахсыбытай?

    А. 1917

    Б. 1922

    В. 1945

    Г. 1996

     

    1. Буойун-суруйааччылары бэлиэтээ:

    А.Тимофей Сметанин;

    Б. Иннокентий Иванович Артомонов;

    В. Иван Гоголев-Кындыл;

    Г. Алексей Спиридонович Бродников.

     

    1. Өс хоһооннору ситэр.

    1.Киһи дьоло-….

    1. … тыалга бырахпаттар.
    2. Кылбайбыт эрэ барыта … буолбат.
    3. Норуот күүһэ- … күүһэ.

     

    1. «Төрөөбүт дойду туһунан ырыа» композитора кимий?

     

    1. Суруйааччылар псевдонимнарын суруй:

    -Серафим Романович Кулачиков

    -Алексей Елисеевич Кулаковскай 

    -Николай Егорович Мординов

    -Василий Семенович Яковлев

    -Владимир Михайлович Новиков

     

    8.Бэриллибит тыллары түһүктэринэн уларыт:

    1.Медицина

    2.Гимн

    3.Диктант

     

    9.Сомоҕо-домоҕу  аннынан тарт:

    1.Аҕам көрдөҕүнэ, киһитин сирэйэ-хараҕа турбут.

    2.Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр элбэх нуучча, ол иьигэр хас да саха буойуттара, ийэм аттыгар баар буола түспүттэрэ.

    3.Хаһыытыырбар күөмэйим буттэ.

     

    10.Бэриллибит этиилэртэн  эргэрбит  тыллары  бул (аннынан тарт):

    Онтон сотору соҕус буолан баран, Тураннаах үрүйэттэн кэлэр суол устун биир көмүс ыҥыырдаах, оһуордаах саппыйаан кычымнаах күөх элэмэс аты мииммит, ыыс араҕас хааннаах, мааны таҥастаах тойон киһи, дьоруонан дайдаран кэлэн, балаҕаннарын айаҕар түстэ.



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc