Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола саастаах оҕолорго
П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт
кэтэхтэн ыытыллар “БИЛИИ – 2023” олимпиада.
(үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр)
I П.А.Ойуунускай.
1.П.А.Ойуунускай төрөөбүт сыла?
а) 1909 с.
б) 1893с.
в) 1899 с.
2.П.А.Ойуунускай ханна төрөөбүтэй?
а) Дьокуускай куоракка,
б) Таатта улууһугар,
в) Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар.
3. «Үлэһит ырыата» диэн бастакы хоһооно хас сыллаахха суруллубутай
а) 1899 с.
б) 1939 с.
в) 1917 с.
4. П.А.Ойуунускай суруйбут олоҥхото?
а) «Эрчимэн Бэргэн»
б) «Дьырыбына Дьырылыатта»
в) «Дьулуруйар Ньургун Боотур»
5.П.А.Ойуунускай суруйбут олоҥхотун нууччалыы ким тылбаастаан Саха Республикатын государственнай бириэмийэтин ылбытай?
а) В.Державин,
б) Л.Попов,
в) А.Лаврик.
6.П.А.Ойуунускай 1924 сыллаахха ханнык түмсүү бастакы бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытай?
а) Саха сирин суруйааччыларын,
б) Олоҥхоһуттар,
в) Саха сирин учууталларын.
7. П.А.Ойуунускай сахалартан биир бастакы _________учуонай буолар. Наука ханнык эйгэтигэр?
а) лингвист,
б) историк,
в) география.
II Олонхо
8. Олоҥхо ЮНЕСКОҕа хас сыллаахха киирбитэй?
а) 2010
б) 1996
в) 2005
9. Олоҥхо күнэ?
а) Сэтинньи ый 25 күнэ,
б) Ахсынньы ый 5 күнэ,
в) Алтынньы ый 15 күнэ.
10. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо ханнык саха артыыһын толоруутугар грампластинкаҕа уһуллубутай?
а) Александр Самсонов,
б) Гаврил Колесов,
в) Петр Решетников.
11. Олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов ханнык улуустан төрүттээҕий?
а) Уус-Алдан,
б) Нам,
в) Чурапчы.
12. Олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата?
а) Эпитет, метафора, тыыннааҕымсытыы,
б) Аллитерация, ассонанс,
в) Омуннааһын, даҕааһын аат.
III. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо дьоруойдарынан ыйытыктар
13. Ньургун Боотур атын аата?
а) Дьураа Хара,
б) Махтал,
в) Доҕор.
14. Ньургун Боотур олоҥхоҕо уопсайа хас бухатыыр баарый?
а) 44,
б) 33,
в) 22.
15. Ньургун Боотур ханнык эдьиийэ куруук күүс-көмө буоларый?
а) Айыы Умсуур Удаҕан,
б) Айталыын Куо,
в) Туйаарыма Куо.
16. Ньургун Боотуру үрдүк айыылара туохха анаан-минээн орто дойдуга ыыталларый?
а) Орто дойду дьонун харыстыыр, көмүскүүр аналлаах,
б) Уруу тэринэр,
в) Аллара дойду абааһыларын кыайарга.
17. Ньургун Боотур охсуһууга туттар сэбин-сэбиргэлин, тимир куйахтарын ханнык ууска оҥоттороруй?
а) Кытай Бахсылаан,
б) Саргы Бахсылаан,
в) Хотой Бахсылаан.
18. Аллара дойду уоттаах муората ким диэн ааттанарый?
а) Муус Кудулу
б) Өлүү Чөхөчөх
в) Баараҕай Байҕал
19. «Кыыс Кыскыйдаан» — диэн кимий?
а) Орто дойду куота,
б) Аллара дойду кыыһа,
в) Айыы кыыһа.
20. Олоҥхо тугунан түмүктэнэр?
а) Малааһын,
б) Бырааһынньык,
в) Ыһыах.