Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • “БИЛИИ – 2024” ОЛИМПИАДА ҮРДҮКҮ КЫЛААС ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРИГЭР.
    26 февраля 2024

    Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах

    Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолоругар кэтэхтэн ыытыллар

    “БИЛИИ – 2024”

    олимпиада 9-11 кылаастарга сорудаҕа:

     

    Кыттааччы аата-суола________________________________________________________

    Үөрэнэр оскуолата, кылааһа____________________________________________________

     

     

    1. Лиэксикэ диэн тугуй?
    2. сомо5о тыллар тутулларын, суолталарын, туттуллууларын үөрэтэр салаа буолар.

    б) тыл биирдиилээн баайа буолар.

    в) көспүт суолтаҕа туттуллубут тыллар, тыл ситимнэрэ буолар.

     

    1. Саха тылыгар хас аһаҕас, хас бүтэй дорҕоон баарый?
    2. 10 a/д – 18 б/д

    б)  8 a/д – 12 б/д

    в)  12 a/д – 19 б/д

    г)  20 a/д – 20 б/д

     

    1. Саха тылыгар хас туттулук истиил баарый?
    2. 3

    б)  4

    в)  5

     

    1. Саха тылыгар кэпсиир киэптэн ураты хас киэп туттулларый?
    2. 7

    б)  8

    в)  9

     

    1. Ааспыт кэмнэ сыһыаннаах киэптэри бул:
    2. Үгэс киэбэ, сэрэйэр киэп

    б)  Буола илик киэп, бигэргэтэр киэп

    в)  Буолуохтаах киэп, болдьуур киэп

     

    1. Сыһыат туохтуур хас араастааҕый?
    2. 4

    б)  5

    в)  6

     

    1. Өс хоһооҥҥо көппүт тылы сөпкө бул: «… диэн быстах, оҥоруу-ыйаах кытаанах»:
    2. Үтүө

    б) Дьол

    в) Олох

     

    1. «Бадыабүдүө» диэн тыл быһаарыытын тал:
    2. Быһаҕас, иҥнэри быһыылаах.

    б) Эриэннии чуоҕурдаах, бээтинэлэрдээх.

    в) Боруҥуй, хараҥаран эрэр кэм, чуолкайа суох.

     

    1. Таабырыны таай: Муҥура биллибэт буолунай сүгэһэр баар үһү…

     

    _________________________________________________________

     

    1. Быһаарыыта суох сирэйдэммит этиини ый:
    2. Идэҕин сөпкө тал.

    б) Оҕус тириитин иккитэ сүлбэттэр.

    в) Өр-өтөр гымматыбыт, Арыылаахпыт өтөҕөр тиийэн, улар ыйаммыт тиитин кэрдэн түһэрдибит.

     

    1. Этиигэ солбуйар ааттары бул, ханнык көрүҥ буоларын быһаар: Баҕар, ким-эмэ хайдах-туох буоллуҥ диэбитэ буоллар, санаата уларыйыа эбитэ дуу?
    2. Хомуур, түмэр-буолбат солбуйар ааттар

    б) Сирэй, ыйытар солбуйар ааттар

    в) Быһаарыыта суох, ыйытар солбуйар ааттар

     

    1. Бу тыллар суолталарын быһааран суруй:

                   Күкүр-

                   Кийиит —

                   Субулуур –

     

    1. Бу тыл омонимын быһааран суруй:

                  Тайах-

                   Саас-

              

           14.Өс хоһоонун ситэрэн суруй:

                а) ________________________________мүөттээҕэр минньигэс.

                б) ____________________________тыл аҕыйаҕа үчүгэй.

                в) ____________________________көмүөл күүһэ

    1. Бэриллибит тиэкис ханнык көрүҥҥэ киирсэрий?

    “Биһиги тайҕабытыгар күндү түүлээх, саһархай хойуу кутуруктаах тииҥ олус элбэх”.

                а) Сэһэргээһин

                б) Ойуулааһын

                в) Тойоннооһун

               

       

             

     

     

     

     

     

                   



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc