Кулун тутар 25 күнүгэр 15.00 чаастан Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлигэр саха народнай поэта, суруйааччы, тылбаасчыт, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СССР, Россия уонна Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Тимофеев 90 сылыгар аналлаах «Ыҥырар музам ымыыта» музыка биэчэрэ буолуоҕа.
Михаил Елисеевич Тимофеев 1932 сыллаахха Бүлүү улууһун Модут (Бороҕон) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1953 сыллаахха Бүлүү куорат орто оскуолатын бүтэрэр. СГУ история5а факультетын 1959 сыллаахха ситиһиилээхтик түмүктээн Уус-Алдан улууһугар история учууталынан үлэлээбитэ. Онтон Саха сирин радиокомитетын литературнай-драматическай биэриилэригэр старшай редакторынан үлэлээбитэ. 1961 сылтан Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар старшай редакторынан, уус-уран литература салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.
Хоһоонноро 1957 сылтан са5алаан бэчээккэ тахсыбыттара. 1960 сылга «Маҥнайгы хаар» диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Михаил Тимофеев хоһоонноругар төрөөбүт Сахатын сирин, ыарахан кэмнэргэ улааппыт сэрии оҕолорун, томороон тымныы кыһыннаах хоту дойдуну сайыннарар ыччаты, тапталы, бэриниилээх буолууну хоhуйара. Оҕолорго аналлаах айымньылара араас кэмҥэ тахсыбыттара: «Хартыыналар», «Умнуллубат оскуолам», «Чооруос дойдута» уо.д.а. хомуурунньуктар.
Михаил Тимофеев М. Джалиль, Т. Шевченко, Т. Сатылганов, Р. Гамзатов уонна да атын Монголия, Тыва, Индия, Япония поэттарын уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар суруйааччыларын сахалыы тылбаастаабыта. Поэт бэйэтин айымньылара нууччалыы уонна аан дойду араас омуктарын тылларыгар тылбаастаммыттара.
Михаил Елисеевич үгүс хоһоонноро ырыа буолан ылланаллар. Композитор Валерий Кац суруйааччы «Эргиллии» диэн поэматыгар олоҕуран саха музыкатын историятыгар бастакы моноопераны айбыта. Бэс ыйын 17 күнүгэр 2004 сыллаахха СӨ президена В.А. Штыров ыйааҕынан Михаил Тимофеев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыатын ааптарынан ананар.
«Ыҥырар музам ымыыта» музыка биэчэригэр Михаил Тимофеев хоһоонноругар айыллыбыт саха норуота уостан түһэрбэккэ ыллыыр истиҥ иэйиилээх ырыаларын ахта-саныы, тэҥҥэ ыллаһа, дуоһуйа сынньана кэлэргитигэр ыҥырабыт!
Күнэ-дьыла: кулун тутар 25 күнэ 15.00 чаастан
Буолар сирэ: Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ, Киров уул. 31 дьиэтэ 3 этээс
Билсэр нүөмэргит: 35-38-84