Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейын сүрүн экспозициятын төрүт омуктар: эбээн, эбэҥки, чукча, долган, дьукэгиир таҥастара киэргэтэн тураллар. Бу сыл музей сакааһынан Уус-Алдантан төрүттээх норуот маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Алдана Иннокентьевна Егорова 19 үйэтээҕи эр киһи комплегын тигэн туттарда.
Алдана Иннокентьевна: “Бастатан туран бу тигэрбэр мин чинчийээччилэр үлэлэрин хаһыспытым, анал литератураны көрбүтүм, сүрүннээн Саха республикатын норуотун маастара, саха ииһин чинчийээччи, элбэх кинигэ автора, историческай наука кандидата М. К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу – илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт доцена, «Уран иис» маастарыстыба үрдүкү уһуйаанын салайааччыта Светлана Ивановна Петрова суруйбут үлэлэригэр тирэҕирэн 19 үйэ бүтүүтэ 20 үйэ саҕаланыытын кэмигэр кэтиллэ сылдьыбыт эр киһи таҥаһын тиктим. Бу комплекка киирэр: сиэгэн тириититтэн чомпой бэргэһэ, убаһа тириитэ истээх бөрө тириитэ кытыылаах, оҕуруонан уонна алтан тимиринэн киэргэтиилээх кыһыҥҥы сон, бөрө тыьа тириититтэн түү истээх кыһыҥҥы үтүлүк, тайах тириититтэн оҥоһуллубут түнэ этэрбэс. Дьэс алтан киэргэтиилээх сахалыы кур. Ол саҕана кэтиллибит былыргы быһыылаах сахалыы ырбаахы, ыстаан уонна кусаах кур. Саха эр киһитэ кыыннаах быһахтаах буолар диэн санааттан былыргылыы ньыманан тапталлан ынах-сүөһү кутуруга кыыннаах быһа5ы оҥорон музейга бэлэхтиибит».