Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Үлэ бэтэрээнэ, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) уһуйааччыта, Россия фольклористарын союһун чилиэнэ Маргарита Ивановна НИКОЛАЕВА ыарахан ыарыыттан сырдык тыына быстан өбүгэлэригэр айаннаабыт кутурҕан күннэригэр кини бииргэ төрөөбүттэригэр, уруу-аймах, удьуор-харылы дьонугар кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Маргарита Ивановна Николаева М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжка (училище) үлэлиирин тухары биһиги музейбытын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбитэ. Хас биирдии тэрээһиннэрбитигэр уһуйуллааччыларын илдьэ киирэн сэргэх истээччи буолара. Кини специалист быһыытынан сүбэтин-аматын биһиги мэлдьи сыаналыырбыт, ;лэбитигэр туһанарбыт.
Убаастыыр аҕа саастаах коллегабыт Маргарита Ивановна уһун уугар уу нураллык утуй. Төрөөбүт дойдуҥ күннээх Күндэйэҥ, сылаас буора сымнаҕас тэллэх буоллун, сайынын, сааһын сиккиэр сайаҕас сайар тыала, күһүнүн көмүс сэбирдэҕэ, кыһынын кылбаа маҥан хаара солбуллубат сыттык, суорҕан буоллуннар.
Саха сирин норуоттарын фольклорун
уонна музыкатын түмэлин коллектива
Маргарита Ивановна Николаева балаҕан ыйын 30 күнүгэр 1949 сыллаахха Сунтаар улууһугар күннээх Күндэйэҕэ Ульяна Васильевна, Иван Иванович Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр 5 оҕоннон күн сирин көрбүтэ.
Оскуоланы бүтэрээт Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх педагогическай училищетыгар киирэн муусука учууталын идэтин баһылаабыта (1969 с.). Идэлээх үлэһит быһыытынан, төрөөбүт дойдутугар Сунтаар Элгээйитигэр тийэн интиринээт-оскуолаҕа муусука учууталынан уонна баспытааталынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон 1971 сылтан Государственнай музыкальнай Театрга хор артыыскатынан үлэлээн, театр историятыгар маҥнайгынан “Саха Республикатын үтүөлээх артыыскатын” аатын ылбыта (1996 с.). Театрга үлэлиир кэмнэригэр, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище “Дирижерско-хоровой” салаатыгар үөрэнэн “Хор артыыһа, салайааччыта, сольфеджио учуутала” диэн идэни 1979 с. бутэрбитэ.
1994 сылтан Саха АССР үтүөлээх, народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа, “Бочуот Знага” орден кавалера, СССР суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Гавриил Гаврильевич Колесов тус ыҥырыытынан ДьМУчилищега саҥа арыллан үлэтин саҕалаабыт “Төрүт культура толорор ньымаларыгар уһуйуу” салаатыгар кэлэн, олоҕун тиһэх күннэригэр дылы бэриниилээхтик уопсайа 26 сыл, орто оскуола кэнниттэн кэлбит саха оҕолорун фольклорга уонна профессиональнай муусука эйгэтигэр уерэппитэ, олоххо ыллык суолларын тэлинэллэригэр туруулаһан туран, ис сүрэҕиттэн кыьамньылаахтык үлэлээн элбэх ыччаты иитэн таһаарбыта, билигин Республика араас улуустарыгар салайар, иитэр үлэҕэ “киьи киһитэ” буолан дьоһуннаахтык олох хаамыытынан тэҥҥэ үктэнэн үүнэллэр-сайдаллар, орто дойдуга кэлбит аналларын толороллор.
Маргарита Ивановна 2000- 2016 сылга дылы (ыарахан ыарыы ытарчылыы ылыар диэри) солбуллубат сэбиэдиссэй быһыытынан үрдүк таһаарыылаах салайааччы, уһуйааччы быһыытынан убаастабылга, хайҕабылга сылдьар киэҥ билиилээх, ирдэбиллээх, иһирэх санаалаах, туруу бастыҥ үлэһит дьон кэккэтигэр сылдьыбыта…
Кини үлэлиир кэмнэригэр учууталбыт Гавриил Гаврильевич Колесов иҥэн-тоҥон үөрэппит дисциплинэлэрин: “Уус-уран ааҕыы”, “Кылыһахтаах ырыа”, “Чабырҕах”, “Оһуокай”, “Хомус” барытын оннунан хаалалларын ситиспитэ, хас биирдии дисциплинэҕэ анал үлэлиир программалары оҥотторбута. Салҕыы, Гавриил Гаврильевич Колесов аата умнуллубакка, умуллубакка салҕанар тэрээһин үлэлэрин иилээн-саҕалаан ыытар үтүө үгэһи олохтообута.
Бу салааҕа үөрэммит оҕолор үрдүк үөрэх кыһатыгар, аспирантураҕа ситиһиилээхтик үөрэнэллэригэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолбута кэмэ-кээмэйэ, аата-ахсаана суох үгүс . Ону сэргэ, уһуйуллааччылар уонна уһуйааччылар аан дойду таһымнаах фольклор күөн күрэстэригэр кытталларыгар тэрийээччи, сүүрээччи-көтөөччү, ыпсарыылаах кэпсэтиини ыытааччы эмиэ Маргарита Ивановна буолааччы.
Ол курдук, 2004 сыллаахха фольклор салаатын историятыгар маҥнайгынан Болгария Республикатыгар ыытыллыбыт “Фольклор без границ” (Варна к.) диэн күрэххэ Катя Парникова, Вероника Лыткина ( сал. Обоюкова В.В.) ситиһиилээхтик кыттан кэлэн, лауреат, дипломант мэдээллэрин агалан, аан дойду омуктарын фольклорун көрүү түһүлгэлэригэр аартыктары аспыттара. Ити сыл сайыныгар “Кылыһах” бөлөх (сал. Дегтярева А.М.) Красноярскай кыраай, Шушинскай д. иккис төгүлүн ыытыллар “Саянское Кольцо” этно-фестивальга баран Гран-При буолан кэлбиттэрэ, учууталбыт Маргарита Ивановна Николаева кыһамньылаах үлэтин биир ыллыктаах, кэскиллээх өрүтэ этэ.
Ити курдук, биһиги үөрэммит, үлэлиир фольклорбут салаатыгар кэлбит, кэлэр ситиһиилэр хайаан да кини билиитигэр-көрүүтүгэр, чопчу кырдьыктаах сыанабылыгар чочуллан тахсан аналлаах, септеех миэстэни ылаллара.
Маргарита Ивановна ханнык да темаҕа иҥнибэккэ киһи санаатын иһинэн эппиэттэри биэрэринэн, дьиҥ кырдьык киһиэхэ үтүөнү баҕаран сүбэлииринэн, үбүнэн-харчынан да көмөлөһөрүнэн устудьуоннар кинини олус истиҥник ийэлэрин тэҥэ саныыллара. Кини тимир-тамыр курдук эппит тылларыттан өһүргэммит дуу, куттаабыт да оҕо баарын өйдөөбөппүн…Того диэтэххэ, кини хаһан да, оруна суоҕу тоһоҕолоон туран тордуоктаспат, уот харахха баары көнөтүк этэн сыыһаны көннөттөрөр үгэстээх буолааччы.
Дьоҥҥо-норуокка тахсан саҥа ыллыыр-туойар, хомус тардар ыччаттар бука бары Маргарита Ивановна санаатын истэн, кэлэн сүбэлэтэн барааччылар, үөрэхтэрин бүтэрэн үлэһит буолан тэйэн-тэлэһийэ да сылдьаннар Маргарита Ивановнаҕа охсуллан сэлэһэн, махтанан ааһан сүргэтин көтөҕөөччүлэр…
Маргарита Ивановна бу ыарахан ыарыыга хам да ыллара сылдьан, биирдэ эмэ ынчыктаан, кыҥкыйдаан, кыйаханан турбутун биирдэ да көрбөтөҕүм. Биир да тэрээһини көтүппэккэ, барытыгар кыттыһан, оҕолору “Постановка голоса”, «Основы дирижирования» и «Чтение хоровых и ансамблевых партитур» дисциплиналарга сыратын-сылбатын биэрэн туран дьарыктаабыта…
Маны таһынан, Дьокуускайга ыытыллар музыкальнай күрэхтэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ сылын аайы бэриниилээхтик үлэлиирэ. Ол курдук «Новые имена Якутии» республиканскай күрэх фольклорга хайысхатыгар солбуллубат бэрэсэдээтэл буолааччы. Бүтэһик сылларга «Бриллиантовые нотки», «По истокам традиций», «Палитра талантов», «По зову предков», «Золотое наследие» уо.д.а. мероприятиеларга сүрдээх тэтимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Кини үөрэппит оҕолоро Санкт-Петербург к. Зубов аатынан искусство историятын институтун (РИИИ) мраморнай залыгар ыытыллыбыт этническай музыка концерыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара (2012 с.)- Васильева Нарыйа, Андреева Нарыйа, Салгынова Айыына. Онтон 2017 с. балаҕан ыйын 27-28 күннэригэр Маргарита Ивановна Николаева салалтатынан фольклор салаатын уһуйуллааччылара Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан Санкт-Петербург Государственнай консерваториятыгар ыытыллыбыт Международнай конференция чэрчитинэн «Саха терут дор5оонноро» диэн программаны онорон уонна айар лабораторияҕа маастар-кылаас ыытан үрдүк сэҥээриини ылбыттара.
Маргарита Ивановна фольклорга сыһыаннаах куурустарга наар үөрэнэ, билиитин чиҥэтэ-хаҥата сылдьар ураты майгыта биһиэхэ мэлдьи үтүө холобур буолар. Ол курдук, Санкт-Петербург к., Москваҕа ыытыллар семинардарга, мастер-класстарга тиһигин быспакка түгэн көһүннэ да, төһө да ыарыйдар, торуосканан өйөнөн хаамтар да, барсан иһэрэ.
Былырыын сэтинньи ый 6 күнүгэр Москва к. Российскай фольклорнай союз 30 сыллаах үбүлүөйүгэр барса сылдьыбыта бүтэһик сырыыта буолбута…Онно барыан иннинэ сэрэйбит курдук эппитэ: “… Эн курдук көрөн-харайан биэбэйдээн, ким миигин илдьэ сылдьыай. Мэһэйдэппэт буоллаххына илдьэ бар. Таарыйа Ия билсэр быраастарыгар сылдьан доруобуйабын көрдөрүөм этэ”- диэбитэ. Ол баран кытай бырааһыгар көрдөрүммүтэ… Төһө да мэйиитэ наар эргийэ сырыттар, аҥаар өттө биллэрдик утуйдар, санаатын күүһүнэн, сүрэҕин баҕатынан учууталбыт барахсан 5 сыл курдук туруулаһан сырытта…
Маргарита Ивановна үөрэппит оҕолоро Россия араас муннуктарыгар олороллор, кинини киһи быһыытынан олус үрдүктүк сыаналыыллар. Аан маҥнай педучилищены бүтэрэн баран Элгээйигэ үлэлээбит кэмнэрин олус истиҥник ахтара. 2017 с. Питерга бара сылдьан оччолорго үөрэппит оҕолорун булсан, Пушкин куоракка олорор Антонина Витальевна Кондаковаҕа мустан Валентина Котикованы, Виталина Кондакованы көрсөн, хойукка дылы сибээстэһэр, кэһии ыытыһар, суруйсар, бэлиэ күннэргэ эҕэрдэлэһэр буолбуттара. Кыргыттар кэпсииллэринэн аан маҥнай скрипка тыаһын Маргарита Ивановнаттан истибиттэр, онтулара кулҕаахтарыгар олорон хаалан, билигин скрипка тыаьын эндэппэккэ арааран истэбит дэьэллэр. «Танец с саблями», «Полет шмеля», «Лебединое озеро» иһиттибит даҕаны Маргарита Ивановнаны, интиринээккэ олорбут сылларбытын саныыбыт дииллэр… Оччолорго хайдах, ханна походка сылдьыбыттарын, ким тугу танна сылдьыбытын барытын бу баардыы кэпсэтэллэрэ истиэххэ наьаа үчүгэй этэ…
Музыкальнай училищеҕа 1994 сыллаахха Маргарита Ивановна театртан кэлэн, учуутал быһыытынан айымньылаах суолун иккис кэрдииһин маҥнайгы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларбынан киэн туттабын. Кэлин Маргарита Ивановна- коллега уонна саамай тапсан кэпсэтэр, сэлэһэр, сүбэлэһэр аҕа саастаах убаастыыр, ойуччу тутар чугастык саныыр дьоммуттан биирдэстэрэ буолар. Оннук да буолуо.. тыыннаагым тухары кини сырдык, муударай мөссүөнэ, тиьэх суруйуулара өйбөр-санаабар хаалыахтара…
Учууталбыт Маргарита Ивановна ыарахан ыарыы кини күүһүн –уоҕун уһулуор, өйүн-санаатын өһүлүөр дылы санааларын, сүбэлэрин ватсапка суруйа сыппыта….Тиһэх баҕа санаата “Российскай фольклорнай союз” Саха сиринээҕи филиалын улуустарынан үлэлэтэр чэрчитин онорон, аны күһүҥҥэттэн Сунтаартан саҕаланыахтааҕын элбэхтик эппитэ. Мария Афанасьевна Тараяровалыын кэпсэппитин суруйбута….Былаана элбэх этэ…
Кини туругун туһунан бэйэтэ батсаапка биллэрэ турбута, онтон от ыйын 6 күнүттэн тугу да суруйбат буолбута…Быйылгы выпускниктарбыт бэлэхтэрин үөрэнээччитэ, коллегата Элла Соколова дойдутугар баран иһэн таарыйан, Күндэйэгэ Маргарита Ивановнаҕа биэрбитигэр махтаммыт курдук мүчүк гыммытын үөрэ истибиппит. Ити кэмҥэ, кини хайаан да үөрэппит оҕолоро өйүгэр-санаатыгар охсуллан ааспыттара буолуо…үлэлээбит сирэ-уота, коллегалара…
Быдан дьылларга быраһаай, күндү Маргарита Ивановнабыт.
Уһуктубат уһун уугар уу чуумпутук утуй…
Варвара ОБОЮКОВА
Саха сирин норуоттарын
муусукатын уонна фольклорун түмэлин мэтэдииһэ,
М.Н. Жирков аатынан
муусука кэллиэһин уһуйааччыта,
Арассыыйа фольклористарын союһун чилиэнэ,
СӨ култууратын туйгуна.