Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • Михаил Христофорович Андреев «Түмэлгэ экспонат бэлэхтээ» — диэн акцияҕа кыттыыны ылла.
    30 января 2024

    Бүгүн биһиги түмэлбитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара, СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар таҥастарын лабораториятын «Сирэктэ» председателя, норуоттар икки ардыларынааҕы ол таһынан бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылааҕа Михаил Христофорович Андреев «Түмэлгэ экспонат бэлэхтээ» — диэн акцияҕа кыттыыны ылла. Ол курдук Михаил бэйэтин туһунан,  айар үлэтин сырдатан, инники былаанын билиһиннэрэн истиҥ-иһирэх кэпсэтии буолан ааста. Биһиги түмэлбитигэр кини бэйэтин норуотун сырдатар, кинилэр олохторун-дьаһахтарын кэпсиир ураһалары уонна дьахтар, эр киһи, таһаҕас таһар сыарҕалары өйдөбүнньүк бэлэҕин уунна. Михаилга түмэл аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит, ол курдук оҥорон таһаарбыт үлэлэргит куруутун дьон сыанабылын ыла турдун, ситиһиигит ситэ элбэх буоллун, кыайыы кынаттанан айар үлэҕэр үрдүктэн үрдүк ситиһиини баҕарабыт.

    Кэпсэтии толору видеотын аллара ыйыллыбыт ссылканан киирэн көрүөххүтүн сөп.



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc