Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
677027, Республика Саха (Якутия), город Якутск, ул. Кирова, д.31

Наш адрес
+7 (4112) 35-38-84
  

Кочующий музей
  

X төгүлүн ыыттылар өрөспүүбүлүкэтээҕи “ОЛОҤХО-2026” оскуола саастаах оҕолоругар аналлаах олимпиада

X төгүлүн ыыттылар өрөспүүбүлүкэтээҕи “ОЛОҤХО-2026” оскуола саастаах оҕолоругар аналлаах олимпиада

Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылынан,
Саха сиригэр Култуура сылынан
X төгүлүн ыыттылар өрөспүүбүлүкэтээҕи “ОЛОҤХО-2026” оскуола саастаах оҕолоругар аналлаах олимпиада балаһыанньата.

Тэрийээччилэр:  Саха Өрөспүүбүлүкэтин духуобунай сайдыыга уонна культураҕа министиэристибэтэ, А.П.Решетникова аатынан Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейа.
Олимпиада сыала: Оҕону төрөөбүт норуотун тылынан уус-уран айымньытын, олоҥхону чиҥэтии, иҥэрии, кэҥэтии.
Олимпиада соруга: Олоҥхо туһунан билиилэрин кэҥэтии, сүдү айымньыга убаастабылы, интэриэһи иитии, оҕо киэҥ билиилээх-көрүүлээх буоларын ситиһии.
Кыттааччылар: олимпиадаҕа өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Кыттааччылары саастарынан бөлөххө араарыы:
1 бөлөх: 1-4  кылаас үөрэнээччилэрэ;
2 бөлөх: 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ;
3 бөлөх:  9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Кыттыы бэрээдэгэ:
1.    Кыттааччылар Сайаапка (Приложение 1) толорон ыытаҕыт, толоруу ирдэбилин аллараа көрөҕүт;
2.    Кыттааччылар 300 солк. тэрийэр усунуос төлүүгүт.
Усунуос төлүүр сигэ: https://qr.nspk.ru/AS2A0062TT44CJE69NF8VE3NQA8B2V4B?type=01&bank=100000000080&crc=7936  
3.    Сайаапканы, усунуос төлөммүтүн туһунан квитанция куоппуйаларын olonkho_2026@mail.ru электроннай аадырыска, сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
4.    Олимпиада сорудаҕа сэтинньи 16 күнүгэр 10:00 чаастан https://folkmuseumyakutia.ru/ cайтка тахсыаҕа;
5.    Олимпиада сорудаҕар эппиэттэри olonkho_2026@mail.ru электроннай аадырыска ахсынньы 16 күнүгэр 18:00 ч. диэри тутабыт;
6.    Ахсынньы 17 күнүттэн 19 күнүгэр диэри дьүүллүүр сүбэ үлэлэри көрөр;
7.    Ахсынньы 20 күнүгэр олимпиада түмүгэ https://folkmuseumyakutia.ru/ сайтарга тахсар, сырдатыллар;
8.    Кыайыылаахтар туоһу суругунан, грамоталарынан наҕараадаланыахтара.
Билсэр   төлөпүөҥҥүт: 8(4112) 35-38-84, 89142936388 (Николаева Алевтина Александровна).

Приложение 1

Кэтэхтэн ыытыллар олимпиадаҕа кыттарга толоруллар Сайаапка халыыба:

Кыттааччы толору аата-суола:
    Оскуолата, кылааһа, нэһилиэгэ, улууһа:
    Научнай салайааччытын /төрөппүтүн толору аата-суола, төлөпүөнүн нүөмэрэ:
    Кыттааччы электроннай аадырыһа: