Прокопий Егорович Слепцов — Ойуун Борокуоппай Абый улууһун Майыар нэһилиэгин Крест-Майор сэлиэнньэтигэр төрөөбүт уһулуччулаах норуот талааннааҕа. Кини Абый улууһун бастакы мелодиһа, тимир ууһа, хомус уонна саха норуотун музыкальнай инструменнарын ууһа, ырыаһыт уонна поэт быһыытынан биллэр. Кини саха төрүт ырыатын-тойугун, хабарҕа ырыатын уонна хоҥсуо ньыматын баһылаабыта. Фольклорист Э. Е. Алексеев кини толоруутугар «Күһүн көтөрү атаарыы» курдук ырыалары уһулбута. Саха төрүт музыкальнай тэриллэри оҥорорунан, ону тэҥэ хоһооннорунан уонна лирическэй айымньыларынан киэҥник аатырбыта. Подпишитесь на наш канал, будьте в курсе всех событий: https://max.ru/id1435031824_gos #МузейМузыкиИФольклораНародовЯкутии #КультураЯкутии #ГодкультурывЯкутии #ГодединстванародовРоссии #Рубрики