Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • «ОҺУОКАЙ- САХА НОРУОТУН КЭСКИЛЛЭЭХ ЫМЫЫТА» САХА ОМУК ТӨРҮТ ҮҤКҮҮТЭ ОҺУОКАЙГА РЕСПУБЛИКАТААҔЫ МАҤНАЙГЫ КҮӨН КҮРЭС ЫЫТЫЛЫННА
    5 апреля 2019

    Кулун тутар ый 30 күнүгэр, национальнай гимназия саалатыгар оскуола саастаах оҕолорго уонна орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр эдэр дьоҥҥо туһаайыллан саха норуотун үгэс буолбут үҥкүүтүн оһуокай төрүт үөрүйэхтэрин иҥэрэргэ, чиҥэтэргэ, тарҕатарга, үйэтитэргэ анаан республикаҕа маҥнайгы күөн күрэс ыытылынна. Бу тэрээһин Николай Егорович Петров — филология билимин доктора, тюрколог, профессор, Дьокуускай куоракка 1987 с.  «Оһуокай Түмсүүтүн» тэрийэн, өр кэмҥэ салайбыт, «Дархан этээччи” төрөөбүтэ 90 сылыгар уоннаСаха Республикатыгар Сомоҕолоһуу сылыгар ананна.

    Аан маҥнайгы оһуокайга тэриллибит  күөн күрэс туруорбут сыалын-соругун ситтэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук,оһуокайы – төрүт үгэс, сиэр-туом үөрүйэхтэрин сүрүн тулхадыйбат отуорун, омугу түмэ тардар, сомоҕолуур  сүдү күүс буоларын кэнчээри ыччакка өйдөтөн, иҥэрэн сайыннарыы, тарҕатыы, үйэтитии оҥкула уурулунна. Оһуокайга оҕо дьону дьиэ кэргэн, оскуола эйгэтиттэн көҕүлээн, такайан иитии сүрүн өйдөбүллэрэ олохтонно. Оһуокай толоруллар ньымаларын араастарыгар,үөрүйэхтэригэр, албастарыгар аҕа саастаах дьону холобур оҥостон, кинилэри батыһан үөрэнэр, уһуйуллар эйгэни олохтуур торум бигэргэннэ.Оһуокайдьыт оҕолору, эдэр дьону таба көрөн дьоҕурдарын, талааннарын сайыннарыы, туһааннаах сүбэни-аманы биэрэн, таһымнарын үрдэтэллэригэр сөптөөх көмөнү оҥоруу олуга уурулунна.

    Уопсайа сэттэ улуустан (түөртүү оҕо) 40 этээччи  кэлэн кыттан барда: Илларионова Вилена, Рябко Алима (сал. Зедгенидзева С.Н.), Попова Карина (сал. Захарова Е.В.), Клим Петров (сал. Иванова Л.Н.) – Сунтаартан.  Антонов Вова, Охлопков Кеша (сал. Платонов В.Нь.), Семенова Альбина ( сал. Николаева З.С.), Иппатьева Алена (сал. Платонова А.Д.)- Ньурбаттан. Павлова Мичилийэ, Семенов Рустам (сал. Мойтохонова А.М.), Ильина Света (сал. Хобусарова М.В.), Львов Рустам (сал. Егоров Е.Е.) – Үөһээ Бүлүүттэн. Кондакова Ледияна ( сал. Кириллина М.Е.), Шамаев Алеша, Шамаева Сайыына ( сал. Григорьева М.Е.). Кочкина Любовь ( сал. Максимова А.В.), Заровняева Настя ( сал. Стручкова С.В.) – Мэҥэ-Хаҥалас улууһа. Шергина Туйаара ( сал. Протопопова Р.П.), Колодезников Ваня, Петухова Диана (сал. Лугинова З.П.), Борисова Вика ( сал. Кузьмина Д.К.), Попова Сайаана ( сал. Алексеева А.В.), Корякина Уля ( сал. Макарова М.Т.)- Чурапчы улууһа, Харитонова Ангела, Быгынанов Айаал, Голикова Марина (сал. Колодезникова С.Г.), Зыкова Сандаара (сал. Попов А.Н.), Слепцова Лилия (сал. Егорова С.С.) – Таатта улууһа. Дьокуускай куораттан: Николаева Мичийэ ( сал. Васильева А.Н.) – Л.А. Колосова аатынан 33№  орто оскуола, Игнатьева Наталья ( сал. Степанова Е.И.)- Национальнай гимназия, Хомподоева Сайаана, Иванова Вилена, Свешникова Лена, Сыроватская Ира (сал. Иванова М.М.) – 2 № орто оскуола, Заровняева Света (сал. Баишева Е.Н.) – Республиканскай лицей уонна М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжтан (училище) Николаева Нарыйа, Гладкина Күннэй уонна Иванова Сандаара ( сал. Степанова В.А.).

    Дьүүллүүр сүбэ икки бөлөҕүнэн кыттааччылары сыаналаата: Хас биирдии оһуокайдьыт түһүлгэтин төрүттүүр, үгэс быһыытынан толору салайар сатабылын (илиитэ, атаҕа, хаамыыта), оһуокайдьыт куолаһын кэрэтин, кыаҕын, кылыһаҕын, оһуокайдьыт үҥкүүтүн тылын ис хоһоонун, уустаан, ураннаан, ойуулуур-дьүһүннүүр кыаҕын, этэр тыла чуолкайын, оһуокайдьыт түөлбэ матыыбын, хамсаныытын, хаамыытын тутуһарын (бүлүүлүү, мэҥэлии, аммалыы, таатталыы уо.д.а.), оһуокайдьыт сахалыы толору таҥаһын.

    Маҥнайгы бөлөххө 10-14 сааһыгар дылы профессор Илларионов Василий Васильевич саламтатынан Винокуров Михаил Николаевич (Саха сиринээҕи культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаатын уһуйааччыта, Саха Республикатын үөрэхтээһинин туйгуна, хомусчут-импровизатор ) уонна Архипова Александра Саввична («Юные Якутяне» Республикатааҕы ресурснай киин сүрүннүүр методиһа, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэхтээһинин уонна ыччат политикатын туйгуна) үлэлээтилэр. Түмүккэ Борисова Вика (Чурапчы) „Бастыҥ хамсаныылаах оһуокайдьыт“, Колодезников Ваня (Уус-Алдан) „Кыайыыга дьулуур“, Антонов Вова (Ньурба) „Кэскиллээх үҥкүү тылын этээччи“, Корякина Уля ( Чурапчы) « Бастыҥ таҥастаах оһуокай этээччи», Заровняева Настя «Утумнаах оһуокайдьыт» диэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич анаан туруорбут анал ааттаах чорооннорун туттулар. Кондакова Ледияна (Бүлүү), Игнатьева Наталья ( Национальнай гимназия) «Арчы Дьиэтин» директора Бочонина В.И., Хомподоева Сайаана «Олоҥхо институтун» директорын наукаҕа солбуйааччы Анисимов Р.Н., Охлопков Кеша (Нюрба) «Северный Колорит» ТО директора Обоюков А.А. анал биириистэрин туттулар. III таһымнаах Үктэлгэ Сунтаартан Илларионова Вилена, II таһымнаах Үктэлгэ Сунтаартан Рябко Алима уонна I таһымнаах Үктэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Ильина Света тахсаннар “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар. III таһымнаах Үрдэлгэ  Бүлүүттэн Шамаева Сайаана, II таһымнаах Үрдэлгэ Уус-Алдантан Петухова Диана уонна I таһымнаах Үрдэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Павлова Мичийэ тахсаннар Николай Егорович Петров мэтириэттээх, анал суруктаах мэдээли кэттилэр (спонсор Иванов Д.С.) уонна “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар. Бу бөлөххө кыттыбыт оҕолор оһуокайынан кыра эмэн саастарыттан дьарыктанан киэҥ түһүлгэни инникитин тэрийэр кыахтаахтара үтүктээччи, сэргээн истээччи дьону олус үөрдэр. Тылга-өскө болҕомто ууран, куолаһы дьиэрэтэр уустук ньыманы баһылаан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

    Иккис бөлөҕү 15 -18 сааһыгар дылы үҥкүү тылын этээччилэри Республикатааҕы «Оһуокай Ассоциация» общественнай түмсүү салайааччыта, «Олоҥхо Театрын» артыыһа, Дархан этээччи, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Семенович Иванов  салайар сүбэтэ Николаев Иван Николаевич –Уххан (бэйээт, журналист, саха ырыатын дьиҥ майгытын чинчийээччи) уонна Мухоплева Светлана Дмитриевна (филология билимин кандидата, доцент, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын институтун билимнэ аҕа исписсэлииһэ) иһиттилэр.

    Түмүккэ, Николаева Нарыйа ( Дьокуускай к.) “Утуму салҕааччы”, Семёнова Альбина (Нюрба) “Түмсүүлээх хамаандаттан”, Заровняева Света (Мэҥэ Хаҥалас) “Киэҥ түһүлгэлээх оһуокайдьыт”, Попова Сайаана (Чурапчы) “Бастыҥ ис хоһоонноох оһуокайдьыт”, Шамаев Алеша (Бүлүү) “Бастыҥ оһуокай этээччи” диэн анал ааттардаах Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев чорооннорун туттулар. Салҕыы Львов Рустам (Үөһээ Бүлүү) — Н.Е. Петров дьиэ кэргэнин анал  бирииһин, Быгынанов Айаал (Таатта) Христофор Максимов Фондатын бирииһин – ( директор Максимов Т.Х. ), Шергина Туйаара (Уус Алдан) Олонхо Театрын анал  бирииһин – (директор Власов В.Г. ), Слепцова Лилия (Таатта) «Северный Колорит» ТО (директор Обоюков А.А.) бэлэмнээбит өйдөбүнньүк бэлэхтэрин ыллылар.

    III таһымнаах Үктэлгэ Сунтаартан Клим Петров, II таһымнаах Үктэлгэ Дьокуускайтан Иванова Сайаана уонна I таһымнаах Үктэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Иванов Рустам тахсаннар “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар. III таһымнаах Үрдэлгэ  Уус-Алдантан Васильева Настя, II таһымнаах Үрдэлгэ Тааттаттан Зыкова Сандра уонна I таһымнаах Үрдэлгэ Ньурбаттан Иппатьева Алена тахсаннар Николай Егорович Петров мэтириэттээх, анал суруктаах мэдээли кэттилэр (спонсор Иванов Д.С.) уонна “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин ылан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

    Үҥкүү тылын «Дархан этээччитэ» Николай Егорович Петров төрөөбүтэ 90 сылыгар уонна Саха Республикатыгар Сомоҕолоһуу  сылыгар анаммыт «Оһуокай— саха норуотун кэскиллээх ымыыта» Республикаҕа аан маҥнайгынан ыытыллыбыт күөн күрэскэ «Кылаан Чыпчаал» кыайыылаах аатын Сунтаар Эльгээйититтэн кэлэн оһуокайдаабыт Карина Попова (сал. Захарова Евдокия Вячеславовна) ылла. Кыайыылаахха оһуокай уйгулаах чороонун ( уус Мэхээлэ оҥоһуга) С.А. Зверев –Кыыл Уолун үөрэнээччитэ, билиҥҥи кэмҥэ республикаҕа биир бастыҥ оһуокайдьыппыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 92 хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас Егор Михайлович Осипов алҕаан туттарбыта дириҥ ис хоһонноох, суолталаах буолла. 

    Маны сэргэ, Карина Поповаҕа Культура уонна искусство колледжын уһуйааччыта М.Н. Винокуров бу сайын  үөрэххэ киирэр сертификаты туттарда. Онтон, оһуокайдьыт, тойуксут Андрей Титович Титаров аатынан улахан бирииһи (ноутбук) оҕолорун, сиэннэрин уонна хос сиэннэрин аатыттан кыайыылаах Карина Поповаҕа, Айыына Сергеевна Николаева бэлэх уунна.

    Бу күрэххэ кыттыбыт бастыҥ үҥкүү тылын этээччилэргэ: М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Народная художественная культура” хайысхаҕа үөрэххэ киирэр сертификаты Бүлүүттэн Шамаев Алеша, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) фольклор салаатыгар Сунтаартан Петров Клим уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Культурология» салаатыгар магистратураҕа быһа киирэр суругу Таатталар ылан үөрүүлэрэ үрдэ суох буолла.

    Тэрийэр бөлөх аатыттан бу республикаҕа маҥнайгы тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барарыгар көмө буолбут бар дьоммутугар: Бястинов Д.Д. (Хомус түмэлин директорыгар), Бочонина В.И. (Арчы Дьиэтин директорыгар), Олонхо институтун коллективыгар (директор Иванов В.Н.), Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин коллективыгар (директор Решетникова А.П.), Афанасьев Нь.В. (АБ Х-ИН уо КҮ фольклор уонна культура кафедратын сэбиэдиссэйэ), Ефимова Л.С. (АБ Х-ИН уо КҮ «Культурология» кафедратын декана), Щербаков А.А. (М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) директора ), Никитин З.Н. (Саха сирин культуратын уонна искусствотын колледжын директора), Васильева В.А. (“Юные якутяне” ресурснай проектнай киин директора), Обоюков А.А. (“Северный Колорит” ТО директора), Максимов Т.Х ( Христофор Максимов Фондатын директора), Турантаева М.В. (Олоҥхо Театрын директорын солбуйааччы), Тимофеева В.С. (Национальнай гимназия директора), Борисов Ф.М., Левин А.П. (Ил Дархан аппаратын үлэһиттэрэ), Тараярова М.А. ( Сунтаар улууһун Олоҥхо Дьиэтин директорыгар), Трофимова Н.Ф. (Ньурба улууһун культураҕа Департаменын исписсэлииһигэр), Иванова С.Т. (Бүлүү улууһун «Алгыс» КК исписсэлииһигэр), Герасимова М.А. (Чурапчы улууһун Олоҥхо Дьиэтин исписсэлииһигэр),  Егорова  М.Г. (Таатта улууһун культураҕа Управлениетын исписсэлииһигэр) уонна бука бары уһуйааччыларга махталбытын тиэрдэбит.

     Тэрээһин үлэҕэ сүүрбүт-көппүт, тирэх буолбут Петр Назарович Турниҥҥа ( “Үс Түмсүү” общественнай хамсааһын) уо.д.а , профессиональнай аппаратураҕа устан үйэтитии үлэтин ыыппыт Яковлев И.А. (Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин оператора), Мыреева Викаҕа, Захарова Аннаҕа ( сал. Зверев С.А.) «ОҺуокай» туһунан документальнай киинэҕэ материал устубуттарыгар, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж фольклор салаатын бары көхтөөх устудьуоннарыгар ( сал. Николаева М.И., Соколова Э.К., Степанова В.А) Саха Республикатын үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министри солбуйааччы Владимир Иванович Тихонов аатыттан дириҥ убаастабылы уонна махталы биллэрэбит.

    Инникитин, бу тэрээһин үйэлээх үгэскэ  кубулуйан оһуокай – саха тылынан уус-уран айымньытын сүҥкэн кылаатынан билиниллэн, ситимнээх ис хоһооно утумнанан оҕо дьонтон аҕа саастааах дьоҥҥо дылы дуорайарын туһугар 2018 сыл, муус устар ый 27 күнүгэр тэриллибит «Оһуокай Ассоциацията» Республикатааҕы общественнай тэрилтэ биир сүрүн оҥкуллаах тэрээһинин курдук аны да, сылтан сыл тэриллэн, элбэх дьону түмэ тардан сомоҕолуо диэн бигэ эрэллээхпит.

    Варвара Обоюкова,

     Саха сирин норуоттарын музыкатын

    уонна фольклорун түмэлин

    сүрүннүүр научнай үлэһитэ,

     Россия фольклористарын Союһун чилинэ,

    СР культураҕа туйгуна



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc