Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн П.А. Ойуунускай “Ньургун Боотур” олоҥхото Гавриил Колесов толоруутугар тоҕус пластинканан тахсан дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаммыта 50 сылыгар анаммыт олоҥхо ырыатын-тойугун толорууга иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс (дистанционнай) балаһыанньата Күөн күрэс сыала-соруга:
    22 ноября 2021

    Олоҥхо Декадатын чэрчитинэн

    П.А. Ойуунускай “Ньургун Боотур” олоҥхото

    Гавриил Колесов толоруутугар тоҕус пластинканан тахсан дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаммыта

    50 сылыгар анаммыт

    олоҥхо ырыатын-тойугун

    толорууга иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи

    күөн күрэс (дистанционнай) балаһыанньата

    Күөн күрэс сыала-соруга:

     

    —           Олоҥхо ырыатын-тойугун толорор таһымын үрдэтии;

    —           Олоҥхо уобурастарын эгэлгэ араас матыыптарын үйэтитии;

    —           Олоҥхо ырыатын-тойугун нөҥүө оҕолору норуот тылынан уус-уран кылаан чыпчаала олоҥхо эйгэтигэр сыһыарыы;

    —           Олоҥхо ырыатын-тойугун силигин, аналын, ис-хоһоонун, тылын-өһүн өйдөөн олоҥхону быһа тардан толорууга табыгастык туһаныыны ситиһии;

    —           Олоҥхо ырыатын-тойугун толорооччуну, толорооччулары устан саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин фондатыгар үйэтитии.

     

    Күөн күрэс ирдэбилэ:

    —           Кыттааччы сааһа маннык наарданар:

    11-14 саастаахтар;

    15-18 саастаахтар;

    19-25 саастаахтар;

    26-35 саастаахтар;

    35 үөһээ саастаах биирдиилээн, бөлөҕүнэн кыттыахтарын сөп.

    Күөн күрэс төлөбүрэ:

    —           Биирдиилээн кыттааччы- 500 солк. төлүүр;

    —           Бөлөҕүнэн кыттааччы (хас биирдии киһи)- 300 солк. төлүүр;

    —           Сайаапкалары уонна видео-матырыйаалы сэтинньи ый 22  күнүттэн ахсынньы ый 01 күнүгэр дылы e-mail: obojukova@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт;

    —           Түмүк ахсынньы ый 07 күнүгэр Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин сайтыгар Folkmuseum.ykt.ru тахсыа.

     

    Сыаналааһын ирдэбилэ:

     

    Олоҥхо ырыатын-тойугун толорор маастырыстыбата;

    Куолаһын кэрэтэ, тардыыта, дьиэрэтиитэ, кылыһаҕа;

    Олоҥхо уобурастарын ырыатын-тойугун үгэскэ олоҕуран толоруута;

    Олоҥхо уобураһын табан толорон арыйыыта.

    Наҕараадалааһын:

    Бастыҥ толоруу (биирдиилээн, бөлөҕүнэн) “КЫЛААН ЧЫПЧААЛ” аатын ылар,

    I-II-III таһымнаах үрдэллэр уонна анал ааттар иҥэриллэллэр.

     

    Бука барыгытыгар ситиһиини баҕарабыт!

     

    Тэрийээччи координатор: Обоюкова Варвара Валерьевна+79141033100 (ватсап)



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc