Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Устар ууну сомо5олуур уус-уран, мандар тыллаах өстөөх, айыл5аттан бэриллибит мындыр өйдөөх-санаалаах, талба талааннаах, сырдык ыраас санаалаах ытык өбүгэлэрбит эттэригэр-хааннарыгар ийэ тылларын иҥэриммит биллиилээх дьоммутугар сүгүрүйэн туран, кэнэҕэски кэнчээри оҕото кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силис тардан, норуотун тылын, барҕа баайын, өбүгэтин үтүө үгэһин чахчы бааччы этигэр-хааныгар иҥэринэн, амарах сүрэҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаан, сахалыы куттаах сүрдээх, дьоһуннаах киһи буола улааталларыгар анаммыт биир бэлиэ күммүт «Тыл – күнэ».
Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук бичик күнүн чэрчитинэн биһиги түмэлбит үлэһиттэрэ Сайаана Попова уонна Алевтина Николаева Дьокуускай куорат 21-c нүөмэрдээх оскуолатыгар «Ийэ тыл, сурук-бичик» үөрүүлээх линейкатыгар, 700 тахса о5о5о хомус дьүрүскэннээх дорҕоонун, оһуохай түһүлгэтин олохтоотулар.