Төрөөбүт төрүт тыл,
Сөрүүн сүөгэй курдук,
Сурэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук,
Улахан куйааска ута5ы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук ,
Тостор куйааска
Тоҕулу ханнарар…
(«Төрөөбут тыл» А.А.Иванов-Кундэ)
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. О5о төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына — тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ!