Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • Омуннаах буолар олоҥхо…
    20 ноября 2023

    Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклор түмэлэ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, ону тэҥэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сааһыгар анаан уһуйаан уонна оскуола саастаах оҕолорго “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону көрдөрөн саҕалаата. Оҕо кыра сааһыттан төрүт саха фольклорун киэҥ кэрэ эйгэтигэр үөрэнэр, билиитин хаҥатар. Ол курдук, бүгүн Дьокуускай куорат 25 нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Дьулуруйар Ньургун Боотур” мультигы көрдүлэр. Оҕолор олоҥхо ис хоһоонун кытары билистилэр, дьоруойдарын сэргээтилэр, ыйытыктарга эппиэттээтилэр.
    Мультигы көрөргө сайаапканы +79142936388 (Николаева А.А.), +79659935781 (Попова С.А) нүөмэрдэргэ суруттарыаххытын сөп.



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc