Саха омук бараммат баайа – саргылаах саҥата, төрүт тыла
Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар «Дьиэ кэргэн – ийэ тыл биһигэ» диэн тэрээһин ыытылынна.
Бу тэрээһиҥҥэ биһиги түмэлбит үлэһитэ, олоҥхо ыһыахтарын кыттыылааҕа, араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылааҕа Сайаана Попова, ийэтин — Алексеева Зинаиданы Николаевнаны уонна эдьиийин — Олоҥхо тыйаатырын артыыскатын, Олоҥхо ыһыахтарын хас да төгүллээх хаһаайкатын, Олоҥхо баатыл кыайыылааҕын, араас күрэхтэр кыайыылааҕын Алексеева Анастасияны кытары кытыннылар. Бу күн кинилэр Анастасия суруйбут «Ураты Ураанай дьыл5алаах, Кыргыһыыга көлүнэр кыыһар кыһыл аттаах, Кыыс Урсун Удаҕан» диэн олоҥхотун толордулар. Кинилэр төрөөбүт тыл сумэтин, кэрэтин иҥэриммит, айар куттаах дьиэ-кэргэн буолаллар.
Манна эбэн эттэххэ, Сайаана Попова фольклор араас көрүннэригэр: омуннаах буолар олоҥхоҕо, тойук дьэрэкээнигэр, хомус дьүрүскэнигэр маастар кылаастары ыытар.
Пушкин каартатынан билиэти бу сигэнэн киирэн ылыаххытын сөп: https://vmuzey.com/event/obuchayushchiy-kurs-po-zhanram-yakutskogo-folklora-1\