Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • Саха сирин норуоттарын фольклорун уонна музыкатын тумэлигэр махтанабын!
    26 декабря 2023

    Саха сирин норуоттарын фольклорун уонна музыкатын тумэлигэр махтанабын!

    Убаастабыллаах Музыка уонна фольклор түмэлин директорыгар Мария Ильиничнаҕа ,быыстабкам арыллыытын тэрийэн ыыппыт Сайаана Афанасьевнаҕа уонна бука бары үлэһиттэригэр.

    «Таастаах Дьааҥым абылаҥар уйдаран» анал бастакы быыстабкам арыллыытыгар ,күүс-көмө, сүбэ-ама буолан,туох баар оноһуктарбын, ситиһиилэрбин барытын саалаҕа наһаа үчүгэйдик туруораҥҥыт, дьон көрүүтүгэр-истиитигэр, сэҥээриитигэр, үрдүк таһымнаахтык тэрийэҥник , мин ис дууһабыттан итиитик-истиҥҥик махтанан туран, түмэл фондатыгар уолум кыра эрдэҕинэ кэппит, тугут тириититтэн тигиллибит, таба тыһынан оһуордаммыт оҕо сэлиэччигин бэлэх уунабын.
    Уонна махтанан туран, баҕарабын эһиэххэ бу кэлэн иһэр Саҥа сыл үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, куруук бу курдук дьоҥҥо үтүө холобургут, сүбэҕит-амаҕыт , үтүө биэриигит -түмсүүгүт үксээн, дьону-сэргэни норуотка сырдыкка угуйаҥҥыт, дьоро кэмнэри бэлэхтээҥҥит , дьон үтүө махталын ылаҥҥыт, үөрүү-көтүү арыаллаатын, чэгиэн-чэбдик олохтонуҥ, ситиһии сиэттистиҥ,үтүө баҕа санааҕыт туолан, тупса-чэчирии, үөрүү-көтүү аргыстаныҥ! 

     

    Елизавета Елисеевна Потапова



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc