Бүгүн «Уһуйааччы уонна үөрэнээччи быстыспат ситимэ» диэн Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Дария Семеновна Козлова үөрэнээччилэрин быыстапката түмүктэннэ.
Дария Козлова, түмсүү салайааччыта, норуот маастара: «Үлэлэрбитин түмэ тардан, бар дьоммут көрүүтүгэр таһааран, кырадаһынтан кыбытыылаах тигиигэ араас маастар кылаастары ыытан элбэх көрөөччү биһирэбилин, сэҥээриитин ыллыбыт. Уһуйааччы буолан тураммын үгүс сыллаах сыралаах үлэм түмүгэ көһүннэ, түмсүү иистэнньэҥнэрэ тогус сыл анараа өттүгэр кырадаһынтан кыбытыылаах тигиигэ иннэликтэн сагалаабыт иистэрин айымньылаахтык сайыннаран, бииртэн биир кэрэ, хаачыстыбалаах, өҥө дьүһүнэ дьүөрэлэспит ураты көстүүлээх уонна иис көрүҥэ байытыллан тигиллибит оҥоһуктарын көрдөрдүлэр диэн түмсүүм кыттыылаахтарыгар махталым муҥура суох.
Маастар кылаастар үрдүк таһымнаахтык аастылар, сылдьыбыт дьонтон мааны тыллаах махталларын ылан, кэннибэр туйах хатарааччы иистэнньэҥнэрим билиилэрин, сатабылларын салҕыы тарҕатар дьон буола үүммүттэриттэн үөрүүм үрдээтэ, санаам көтөҕүлүннэ. «Кырадаһын абылаҥа» түмсүү аны 10 сылбытын бэлиэтиир быыстапкабытыгар бэлэмнэнэбит ,салгыы үлэлиибит. Тэрийээччилэрбитигэр — Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин бары үлэһиттэригэр сылаас сыһыаннарыгар махтанан туран түмсүүбүт тикпит паннотун фондаҕа бэлэх уунабыт».