Видеоэкспонаты
  • Решаем вместе
    Расскажите, как музей может стать лучше? Ждём ваших предложений

  • Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаммыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола саастаах оҕолорго кэтэхтэн ыытыллар “БИЛИИ – 2023” олимпиада балаһыанньата
    6 февраля 2023

    Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр,

    Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаммыт

    Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола саастаах оҕолорго кэтэхтэн ыытыллар

    “БИЛИИ – 2023”

    олимпиада балаһыанньата

    Тэрийээччилэр:  Саха Өрөспүүбүлүкэтин духуобунай сайдыыга уонна культураҕа министиэристибэтэ, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейа.

    Олимпиада сыала: Оҕону төрөөбүт уус-уран тылынан айымньытын, литературатын, историятын, искусство араас көрүҥэр, наука уонна технология билимнэригэр билиитин тургутуу нөҥүө чиҥэтии, кэҥэтии.

    Соруктара:

    1. Оҕо ааҕарын, үѳрэтэрин, ис кыаҕын толору арыйан туһанарын кѳҕүлээһин;
    2. Сахалыы тобуллагас толкуйа, анаарыыта сайдарыгар, санаабытын сайа этэр кыаҕын толору туһанарыгар  олук ууруу;
    3. Оҕо киэҥ билиилээх-көрүүлээх буоларын ситиһии.

    Кыттааччылар: Олимпиадаҕа өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.

    Кыттааччылары саастарынан бөлөххө араарыы:

    1 бөлөх: 1-4  кылаас үөрэнээччилэрэ;

    2 бөлөх: 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ;

    3 бөлөх: 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.

     Кыттыы бэрээдэгэ:

    1. Кыттааччылар сайаапка (Приложение1) бланканы толорон ыытаҕыт, толоруу ирдэбилин аллараа көрөҕүт;
    2. Сайаапканы sakha_olimpiada@mail.ru электроннай аадырыска олунньу ый 6 күнүттэн-22 күнүгэр диэри ыытаҕыт;
    3. Кыттааччылар 100 солк. тэрийэр усунуос төлүүгүт. Мобильнай банк номера: 8962-739-2505 (Громова Ольга Николаевна). Кыттааччы аатын-суолун ыйаргыт булгуччулаах;
    4. Олимпиада сорудаҕа олунньу ый 27 күнүгэр 11:00 чаастан http://folkmuseum.ykt.ru саайтка тахсар;
    5. Кыттааччы олимпиада сорудаҕар эппиэттэрин  олунньу ый  28 күнүгэр 18:00 ч. диэри  толорон sakha_olimpiada@mail.ru электроннай аадырыска ыытар;
    6. Кулун тутар ый 1-2 күннэригэр дьүүллүүр сүбэ үлэлэри көрөр;
    7. Кулун тутар ый 3 күнүгэр олимпиада түмүгэ http://folkmuseum.ykt.ru  сайтка тахсар, сырдатыллар;
    8. Кыайыылаахтар дипломунан, грамотанан наҕараадаланаллар, хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук (сертификат) туттарыллар.

    САЙААПКА: Приложение 1

    Кэтэхтэн ыытыллар олимпиадаҕа кыттарга толоруллар сайаапка халыыба:

     

    Кыттааччы толору аата-суола:

     

    Оскуолата, кылааһа, нэһилиэгэ, улууһа:

     

    Научнай салайааччытын /төрөппүтүн толору аата-суола, төлөпүөнүн нүөмэрэ:

     

    Кыттааччы электроннай аадырыһа:
     

     

     

     

         

     Билсэр   төлөпүөҥҥүт: 8(4112) 35-38-84, 8962-739-2505
    sakha_olimpiada@mail.ru

    Дьокуускай куорат, Киров уул.31 (3 этээс)



    Author of the theme: Tonyc - freelance.ru/users/tonyc