Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин бары үлэһиттэрин ааттарыттан убаастыыр аҕа саастаах киһибитин, учууталбытын Василий Васильевыһы үөрүүлээх үбүлүөйдээх сааскынан эҕэрдэлиибит!
Сахабыт фольклорун эдэр эмньик сааскыттан эндэппэккэ эрэллээхтик, хоннохтоохтук хорутан, ситимнээхтик сааһылаан, наардаан үйэтиппит биир тумус туттар дьоннорбутуттан биирдэстэрэ буоларгынан киэн туттабыт.
Фольклор бары жанрдарын чинчийэн, үүнэр көлүөнэ ыччакка тиэрдэр соруктаах суолталаах үлэҥ түмүгэр үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн, наука суолугар сирдээн киллэрэн учууталларыҥ – Г.У. Гермогенов-Эргис, Н.В. Емельянов тэлбит ыллыктарын кэҥэтэн алгыстаах аартыгы арыйан үрдүк таһымҥа тахсарга олугу уурбутуҥ утумнана туруо диэн бигэтик эрэнэбит.
Саха төрүт үгэстэрэ аныгы дьалхааннаах олох долгунугар сабырыйтарбакка сайдар кэскиллээх саҕахтарын ситимин, тиһигин отуорун олохтоон оһуокай, тойук, олоҥхо омук кэрэхсэнэр баар суох баайа буоларын туһунан булгуруйбат өйдөбүллэри төлкөлөөх түөрэҕин түстээҥҥин толору торумнааҥҥын үс саха үөрүүтүн, түөрт саха саргытын салайбыт өҥөҕүн өбүгэ дьонуҥ өйдөөннөр, өйөөннөр өссө да кутуҥ-сүрүҥ бөҕөх буоллун!
Айар тутар кыаҕын булгуруйбат, чөл туруктаах буоллун! Дьиэ-кэргэниҥ ил-эйэ эйгэтигэр биһиктэнэн, күнтэн күн саҥа үөрүүлээх сонуннар элбии, үксүү турдуннар!
Үөрэппит, үөрэтэр оҕолоруҥ махталлара, тапталлара үрдээн үйэҥ уһаан, олоҕуҥ тупсан истин!
Аҕыс ахтар айыыһытыҥ арчылаан, сэттэ иэйэр иэйиэхситин саргылаан үрүҥ тыыҥҥын өллөйдүү, хара тыыҥҥын харыстыы турдуннар!
Тускуо!
Тускуо!
Тускуо!